10:11 Айгыл баатыр эр Манаас дойдутугар / Салгыыта | |
АЙГЫЛ БААТЫР ЭР МАНААС ДОЙТУТУГАР
Edebi makalalar
• Улуттук бибилэтиэкэ далбар хотуна Улуттук — ол аата, национальнай диэн. Онон даҕаны бибилэтиэкэ аата, статуһа уларыйан иһиитигэр кыргыз судаарыстыбатын сайдыбыт суола ырылыччы көстөр. Ол курдук, 1934 с. КАССӨ судаарыстыбаннай бибилэтиэкэтин быһыытынан тэриллибит. 1939 с. Н.Г. Чернышевскай аата иҥэриллибит. 1984 с. — В.И. Ленин аата. 1993 сылтан Улуттук бибилэтиэкэ буолбут. 2015 с. кыргыз уран суругар улахан сабыдыалы оҥорбут акын (поэт), драматург, тылбаасчыт Алыкул Осмонов (1915-1950) аатын сүкпүт. Бастаан 1997 с. мэҥэ өйдөбүнньүк турбут. Онтон кэмниэ кэнэҕэс аата иҥэриллибит. Дириэктэр Жылдыз Кемеловна Бакашова аҕата Кемел Бакашов акын, суруналыыс эбит. Бэйэтэ судаарыстыбаннай сулууспа 1-кы кылаастаах сүбэһитэ, Кыргызстан Публичнай бибилэтиэкэлэрин ассоциациятын бэрэсидьиэнэ, Евразия Бибилэтиэкэлэрин ассамблеятын бииссэ-бэрэсидьиэнэ, филология билимин доктора, профессор. Үлэтин Кыргызстан университетыгар тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа суруналыыстыкатын кафедратыгар үөрэтээччинэн саҕалаабыт. Кыргызтыы, нууччалыы, туроктыы билэр, англия тылын тылдьыттаах туһанар. Аныгылыы көрүүлээх, холобур, кыргыз дьахталларыгар, ислам итэҕэллээх атын дойдуларга курдук, бүтүннүү саба бүрүнэн, тууна баанан таҥныы төрүкү дьүөрэтэ суох диэн санаалаах. Филология билимин кандидата, университекка биһиги куурус кураатарбыт Саргылаана Дмитриевна Егинова (1963-2014) “Образные прилагательные якутского языка” (в сопоставлении с бурятским и киргизскими языками)” монографиятын илдьэн бибилэтиэкэҕэ диэн бэлэхтээбиппэр олус үөрдэ, хаһы даҕаны аҕалбытыҥ буоллар диэтэ. Кыргыз үөрэхтээхтэрин өттүттэн итинник чинчийэр үлэлэргэ кэрэхсэбил баар эбит. Үһүөммүтүгэр “Айтматов ааламы = Вселенная Айтматова” диэн бэйэтэ билим эрэдээктэрин быһыытынан бэлэмнэспит, оҥорсубут суруйааччы олоҕун-үлэтин көрдөрөр энциклопедиятын бэлэхтээн үөртэ. Улуттук бибилэтиэкэҕэ “Саха уран суругун, айымньытын киинин” оҥорор санаалаах уонна оннук “Кыргыз уран суругун, айымньытын киинэ” СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр тэриллиэн баҕарар. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Манаас” КӨ Бэрэсидьиэнэ Алмазбек Атамбаев эрдэ ахтыллыбыт ыстатыйатыгар М.К.Аммосов туһунан маннык эмиэ этэр: “Он с большой любовью и заботой отнёсся к сохранению и пропаганде великого кыргызского эпоса «Манас»” (С.4). Ону сэргэ ити “М.К. Аммосов. Кыргызский период деятельности” кинигэҕэ “Айкөл Манас баяны” пуонда бас салайааччыта, суруйааччы, драматург Бактыбек Максутов “«Манас» эпосуна жан тарткан жетекчи” (“«Манас» эпос кутун харыстаабыт салайааччы”) диэн суруйуута баар. Итиэннэ — СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ, Дойдулар икки ардыларынааҕы “Аан дойду норуоттарын эпостара” ассоциация бииссэ-бэрэсидьиэнэ А.Н. Жирков “Судьба великого «Манаса» и Максим Аммосов” суруйуута. Александр Николаевич маннык суруйар: “В период, когда М.К. Аммосов работал I секретарем ЦК Коммунистической партии (большевиков) Киргизии, идеологическая битва вокруг “Манаса” проходила свою самую жестокую стадию. Вопрос, в сущности, был один: издавать «Манас» или не издавать его. Издавать — значит признать, донести до людей, сделать это сокровище достоянием народов, не издавать — значит не признавать или же признать его глубоко вредным для народа и закрыть, замолчать «Манас». Часто противников «Манаса» бывало больше, чем его сторонников. И те, кто выступал за издание «Манаса» в его возможно полном изложении, объявлялись носителями враждебной для народа идеи, с характерными для 30-х годов последствиями. Наиболее распространённым и смертельно опасным для сторонников «Манаса» приговором было обвинение в пантюркизме и буржуазном национализме. /…/ Создав и сохранив «Манас», кыргызы воссоздали и сохранили себя, обессмертили своё имя. И сын немногочисленного северного народа саха, взращённый на поэтике героического эпоса родного народа — олонхо, уловил связующую нить и высокую судьбу этих творений — Олонхо и «Манаса» — способных освятить, обессмертить имя своих создателей, и сделал всё, что он мог сделать для того, чтобы «Манас» пришёл к людям” (С.91, С.93). • “Манаас” сахалыы тахсыыта Аныгы кэмҥэ М.К. Аммосов итинник үтүө дьулуура салҕанан, 2014 с. Арассыыйа ЮНЕСКО дьыалаларыгар хамыыһыйата, КӨ ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай хамыыһыйата, Дойдулар икки ардыларынааҕы “Аан дойду норуоттарын эпостара” ассоциация (КӨ), Олоҥхо 10 сылын (2006-2015 сс.) бэлэмнээн ыытыыга СӨ национальнай тэрийэр кэмитиэтэ уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ холбоһуктаах тэрээһиннэринэн “Манаас (Кыргыз баатырдыы эпоһа)” диэн дьоһуннаах кинигэ А.Н. Жирков хомуйан оҥоруутунан “Бичик” кинигэ национальнай кыһатыгар бэлэмнэнэн 1000 ахсаанынан тахсыбыта. Онно Саякбай Каралаев, Сагынбай Орозбаков уо.д.а. манаасчыттар айымньыларыгар олоҕуран Бексултан Жакиев кылгатан оҥоруутун бэйэтэ нууччалыы тылбаастаабыта уонна ол сахалыы тылбааһын икки холобура киирбиттэрэ. Бастакытын Т.И. Петрова уонна мин кыттыһан тылбаастаабыппыт, иккиһин Т.С. Кириллин. Бу кинигэ иһин С.А. Новгородов аатынан “Бичик” кинигэ национальнай кыһата 2015 с. Арассыыйа кинигэ таһаарааччыларын ассоциациятын “2014 сыл чулуу кинигэлэрэ” диэн күрэхтэһиитигэр “Култууралар алтыһыыларыгар үтүөлээх чулуу кинигэ” диэн тосхолго бастыҥ буолбута. Оттон кыргызтар ити 2014 с. “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” Бишкеккэ “Турар” диэн бөдөҥ кыһаларыгар бэчээттээн 1000 ахсаанынан таһаарбыттара. Кыргызтыы тылбааһын Владимир Державин нууччалыы тылбааһыгар олоҕуран кыргыз бөдөҥ суруйааччыта, КӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Шаршеналы Абдылдаев оҥорбута. Бишкеккэ тиийэ сылдьан, Шаршеналы байкены (аҕа саастаах дьону итинник “байке” дииллэр) көрсөрбүтүгэр быйылгы “Күрүлгэн” сурунаал 5-с нүөмэрин илдьэн туттарбыппар олус үөрдэ. Онно кини сэһэнин “Дьүүктэ уутугар тахсыбыт арыы оҕото” диэн аатынан тылбаастаабытым бэчээттэммитэ. Дьикти айымньы. Литератураҕа соцреализм ньымата өрөгөйдөөн турар кэмигэр суруллубут. Ол гынан баран, этэргэ дылы, “партия салайар оруола” көстүбэт, ол оннугар биир кыра айыл (аил) уола Шумкалпак дьылҕатын нөҥүө киһи уйулҕата, кини кутун-сүрүн хамсааһына, Айылҕаны кытта ситимэ бэрт мындырдык арыллар. Кэпсэтиигэ билбиппинэн, оччолорго Шаршеналы байке ити сэһэнин иһин балайда сэмэни-суҥханы истибит, оттон сэһэнэ быһыллан-отуллан тахсыбыт. Шаршеналы байке: “Тылбаастыырга сөбүлэнэн бараммын олоҥхоҕо бэрт өр кэм кыайан чугаһаабакка, киирбэккэ сылдьыбытым”, — диэн кэпсиир. Тэрийээччилэр ыйыттахтарына үлэ күүскэ бара турар диир эбит. Санаата буолбакка, иэйиитэ киирбэккэ “тылбаастыа суохпун дуу...” диэн саараан ылбыт. Онтон эмискэ төлө биэрбит. Онтун: “Хайдах эрэ, миэхэ Ньургун Баатыр (кыргызтар бу тылы аакайдаан саҥараллар) кута-сүрэ киирэргэ дылы гыммыта”, — диэн этэр. Дьэ, уонна аһыырын-утуйарын, кырдьаҕас киһи, ол-бу дьарҕатын барытын умнан туран үлүһүйэн үлэлээн бэрт кылгас кэм иһигэр тылбаастаан кэбиспит. “Бу тылбаас миэхэ эдэрдии эрчими биэрдэ!” — диэн күлэ-үөрэ кэпсиир сэттэ уон тохсус хаарыгар сылдьар Шаршеналы байке. Үһүс, барыам иннинээҕи көрсүһүүбүтүгэр: “Биһиэхэ, «Манааһы» тылбаастаабыт, тахсыытыгар үлэлээбит, тэрийбит, ону аахпыт саха дьонугар, эмиэ Айгыл баатыр Эр Манаас кутун-сүрүн сорҕото киирдэ, олохсуйда”, — диэбиппин доҕор суруйааччыларын кытта уруйдуу-айхаллыы иһиттилэр. Шаршеналы байке Манаас туһунан номох уонна олоҥхо бэйэ-бэйэлэригэр олус маарыннаһалларын этэр, элбэх ханыылары холобурдуур — ол барыта бэйэтэ биир туспа суруйуу. Кэнэҕэс ол туһунан саха да, кыргыз да чинчийээччилэрэ дириҥник үөрэтэн суруйуохтара турдаҕа. Чыҥгыз Айтматов уонна Саха сирэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра бу ааспыт алтынньыга Бишкеккэ ыалдьыттаата. Онтон салгыы “Саха тыйаатырын номохторо” диэн ааттаммыт ити айар айан Казахстанынан уонна Арассыыйаҕа Татарстанынан, Башкортостанынан, Москубанан өрө күүрээннээхтик барда. Иккис курдук, ити айан Саха сиригэр тыйаатыр үөскээбитэ 110 сылыгар ананна. Саха тыйаатыра кыргыз улуу суруйааччыта Чыҥгыз Айтматов айымньытын нөҥүө Кыргызстаны кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук, кини “Материнское поле” айымньытынан 1965 с. турбут «Ийэ сир» испэктээкил аны даҕаны оонньонор. Аан бастаан РСФСӨ уонна САССӨ үтүөлээх артыыһа, режиссёр Федот Потапов туруорбута. Кэлин 2004 с. режиссёр Василий Фомин сөргүппүтэ. Оттон Андрей Борисов туруорбут “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээкилэ Саха тыйаатырын дойдулар икки ардыларынааҕы таһымҥа таһаарбыта. Биллэрин курдук, ити испэктээкил Чыҥгыз Айтматов “Пегий пёс, бегущий краем моря” сэһэнигэр олоҕурбута. Тылбааһын И.А. Дмитриев-Сиэн Чолбодук оҥорбута. Чыҥгыз Айтматов — син биир Ысык Көл (Ыссык-Куль), Ала Тоо курдук, “Манаас” курдук Кыргызстан ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ. Бишкек кытыытыгар Чоҥ Арык диэн айылга “Ала Арча” диэн резиденция аттыгар суруйааччы түмэл дьиэтэ баар эбит. 2014 с. Чыҥгыз Айтматов төрөөбүт ахсынньы 12 күнүгэр үөрүүлээхтик арыллыбыт. Онно тиийэ сырыттыбыт. Хатыылаах турар эбит. Ол эрээри, кийиитэ арыйан киллэртээн көрдөрдө. Академик А.Н. Осипов хартыыната Түмэлгэ саха чороонун көрөн үөрдүбүт. Биллиилээх режиссёрбут, култуура миниистиринэн өр үлэлээбит Андрей Борисов тиийэ сылдьан бэлэхтээбитэ диэтилэр. Ону кытта академик Афанасий Осипов “Манаас чочумааһа” диэн хартыыната эркиҥҥэ ыйанан турар. Хартыынаҕа дьүһүйүллүбүт Манаас — хайа аата, Талас сиригэр баар Ала Тоо биир чочумааһа. Итиэннэ бөдөҥ алмааска “Чингиз Айтматов” диэн аат иҥэриллибитин бигэргэтэр АЛРОСА хампаанньа туоһута баар. Итинник дьаһалы А.Н. Жирков көҕүлээбит. Аны туран, үлэлиир хоһугар кини кинигэлэрэ, айымньыларын тылбаастара сааһыланан тураллар. Барыта аан дойду 176 тылыгар тылбаастаммыт. Онон, ол кинигэлэр быыстарыгар сахалыы тылбаас эмиэ баар буолуохтаах. Аан бастакы тылбаас — “Тэбиэн хараҕа” — 1966 с. тахсыбыт. Сэһэннэр. “Джамиляны” — П.Афанасьев тылбаастаабыт, “Тэбиэн хараҕын” — В.Гольдеров, “Маҥнайгы учууталы” — Н.Кондаков, “Төрөөбүт ийэ хонууну” — С.Саввин. Кэлиҥҥи тылбаас былырыын тахсыбыта. Ол “Хаарыан кытылым” кинигэҕэ “Пегий пёс, бегущий краем моря” сэһэн нууччалыы ийэ бэйэтэ, “Муора кытылынан сүүрэр Эриэн ыт” диэн А.Н. Жирков тылбааһа, “Хаарыан хампа күөх кытылым” диэн И.А. Дмитриев-Сиэн Чолбодук тылбааһыгар А.С. Борисов инсценировката киирбиттэр. Кинигэни А.Н. Жирков хомуйан оҥорбут. АЛРОСА туоһута Аан дойду киэҥ, киһи аймах элбэх даҕаны, дьон олоҕун суола хардарсара, дьылҕата хатыс кэриэтэ биир утахха хатыллара, дьэ, дьикти. Ол курдук, Чыҥгыз Айтматовка, тутуу-хабыы сылларыгар суорума суолламмыт аҕатыттан сылтаан, сахалары кытары сыһыаны күлүктүүр хом санаа баара дииллэр. Аҕата — оччотооҕуга партия обкомун сэкирэтээрэ Төрөкуул Айтматов — тутуллубутугар, онтон ытыллыбытыгар М.К. Аммосовы күтүрүү саныыр эбит. Ону, суруйааччы 60 сааһын өрөгөйүгэр 1988 с. Кыргызтаҥҥа тиийэ сылдьан, Амма Аччыгыйалаах быһаарбыттар, М.К. Аммосов кини аҕатын көмүскүү, харыстыы сатаабытын туһунан сиһилии кэпсээбиттэр. Ол кэннэ Айтматов ордук ирэн-хорон кэпсэппитэ уонна оччотооҕуга саҥардыы (1986 с.) ССӨС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин тутан өрөгөйдүү сылдьар Андрей Борисовка туһаайан, алгыс курдук: «Албан ааты, син эмиэ алдьархайы кэриэтэ, уйуллуох тустаах», — диэн бэрт бэлиэ тыллары эппитэ үһү. • Саха уонна кыргыз киинэлэрэ Суруйуум саҕаланыытыгар Кыргызстан Кинематографистарын сойууһун салайааччыта Таалайбек Кулмендеев улаханнык көмөлөстө диэн ахтан аһарбытым. Онон, кини үлэтигэр таарыйан ааһар соруктаах буолан, Киинэ дьиэтигэр сылдьан хааллыбыт. Бу дьиэ эмиэ Чыҥгыз Айтматовы кытта ситимнээх эбит. Кини 1960-1986 сылларга өрөспүүбүлүкэ киинэ устааччыларын сойууһун салайбыт, киинэҕэ драматург быһыытынан холоммут. Кини оҥорбут киинэлэрэ киэҥник биллибиттэр. Кыргыз киинэтэ бэйэтин утумун 1942 сыллаахтан саҕалыыр, оттон “Киргизфильм” диэн аат бастаан 1961 с. баар буолбут. Онон кыргыз киинэтэ, биһиэнигэр холоотоххо, биллэ сайдыбыта өйдөнөр. Ол да иһин буоллаҕа, Жогорку Кеҥеш депутата, киинэ режиссёра, “Айтыш” уопсастыбаннай пуонда, “Калемгер” литературнай кулууп, “Айтыш Фильм” төрүттээччилэрэ Садык Шер-Нияз: “Эһиги билиҥҥи киинэҕит, тыйаатыргытыгар холоотоххо, бэйэтин оннун, сирэйин ситэ була илик, дьэ сайдан эрэр, биһиги онно көмөлөһөбүт, холобур, фестивалларга саха киинэтэ кыттыытын утумнаахтык өйүүбүт, ол барыта ытыктабыллаах Александр Николаевич Жирков курдук дьонноох буолаҥҥыт”, — диир. Ону таһынан саха киинэтин прокатын тэрийии кыаллыан сөп, кыргызтыы саҥардыытын эрэ оҥоруу суолун тобулларбыт дииллэр. Холобур, режиссёр Алексей Амбросьев уонна Яна Байгожаева салайар “Тэтим” айар холбоһуга устубут “Муммуттар” киинэлэрин сэҥээрэллэр. Кыргызтар аны сайын биһиэхэ бэйэлэрин киинэлэрин көрдөрүөхтэрэ. • Спорт эйгэтигэр ситимнэр Бу сырыыбыт туһунан суруйбутум кэннэ биир киһи спорка ситими эмиэ ахтаар диэтэ. Чахчы, спорт өттүгэр ситим баар бөҕө буоллаҕа. Ол туһунан аҕыйах тыл. Бастатан, Мария Джумабаевна Пинигина (Кулчунова). Сүүрүүк. Сеул Олимпиадатын кыайыылааҕа, Рим (үрүҥ көмүс), Хельсинки (чаҥ) Олимпиадаларын призёрдара. Албан аатырбыт Павел Пинигиммит кэргэнэ. Аны, ааспыт Олимпиадаҕа Айаал Лазаревпытын Кыргызстаҥҥа уонна Саха сиригэр тыыммакка да кэтээтибит. Киниэхэ аны да эрэнэбит. Бу ааспыт сайын Чолпон Ата куоракка иккис төгүлүн ыытыллыбыт Көс омуктар аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэригэр мас тардыһыыбыт таяк тартышуу (тайах маһы тардыһыы) диэнинэн киирэн кэрэхсэбили үөскэттэ. Мадьыныларбыт онно тиийэн Сахабыт сирин ааттаттылар. Таяк тартышуу сахалыы “чэ!” диэн саҕаланар. Федерациялаахтар. Бэл, биирдэ кыргыз мадьынылара саха диаспоратын салайааччытын биир тэрээһиннэригэр үҥкүү тылын таһаарар оһуохайдьытта бул диэн көрдөспүттэр. Оннук киһи суох буолан биэрбит. Онуоха тылын суруйан кулуҥ, бэйэбит этэр киһи булабыт диэн сөхтөрбүттэр. Итиэннэ “Азия оҕолоро” оонньуубутугар Кыргызстан хамаандата мэлдьи тэрээһиннээхтик кыттар. Атын да ситимнэр бааллара чахчы. Айар-суруйар эйгэ “Ала Тоо”, “Жетиген” сурунааллар эрэдээксийэлэрин, “Новая литература Кыргызстана-Кыргызтандын жаҥы адабияты” электроннай бибилэтиэкэ үлэтин, суруйааччылары кытта билсэн кэллибит. Уонча сыллааҕыта холботолооннор, билигин КӨ Суруйааччыларын национальнай сойууһа диэн биир тэрилтэ баар эбит. Салайааччыта — норуодунай суруйааччы, Казахстаҥҥа КӨ толору итэҕэллээх илчитинэн (посолунан) үлэлээбит Акбар Рыскулов. Кини: “Хайдах эрэ, бэйэбит өй-санаа өттүнэн ситтибит быһыылааҕа, арҕам-тарҕам сылдьар сатамматын өйдөөтөхпүт, күүспүтүн холбообуппут олус үчүгэй”, — диир. Сойууска барыта 650-ча суруйааччы баар эбит. Хааһынатыттан үбү көрүү кэмчи. “Ала Тоо” — кыргыз суруйааччыларын сурунаала. Тахсар ахсаана — 2 тыһ. Тыла — кыргызтыы. Күүстээх өйөбүлү “Турар” кинигэ кыһата оҥорор . Бас дьаһабыла КӨ норуодунай суруйааччыта, Токтогул аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Кенеш Жусупов. Кини аны сайыҥҥа диэри “Ала Тоо” сурунаал биир нүөмэрин олоччу саха литературатыгар биэриэх буолан үөртэ. Акбар Рыскуловтыын ол анал нүөмэр аан тылын Кыргызстаны кытта сыһыаҥҥа элбэх үлэни ыытар ытыктабыллаах Александр Николаевич Жирков суруйара буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Манна диэн эттэххэ, бу сэтинньи 21 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков салайан ыыппыт мунньаҕар “Ала Тоо” сурунаалга киириэхтээх айымньылары талыы, сүүмэрдээһин үлэтэ “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлигэр О.Г. Сидоровка сүктэрилиннэ. Аны туран, иккис көрсүһүүбүт иннинэ соһуччу нүөмэрбэр кэлэннэр аккалпак уонна чапаан кэтэрдэн долгуттулар. Төлөпүөннээн тырылаппыттарыгар Шаршеналы байке тиийэн кэллэ. Онон, туох да истиҥ көрсүһүү буолбута — хайдах эрэ, бэйэм суруйааччы убайдарым күө-дьаа кэпсэтэллэрин санаан кэлбитим. “Жетиген” — элбэх эйгэни хабар өҥнөөх сурунаал. 15 тыһ. ахсаанынан тахсар. Бэйэтин бэйэтэ үбүлэнэр. Быйыл тахсыбыта биэс сылын киэҥник бэлиэтээбиттэр. Бастаан, бас дьаһабылы солбуйааччы, суруйааччы, КӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Бактыгүл Чотуровалыын бибилэтиэкэҕэ билсибиппит. Онтон кэлин эрэдээксийэҕэ тиийэ сырыттым, бас дьаһабыл Абдиламит Жумашевтыын кэпсэттим. Саха сирин, саха дьонун олус кэрэхсииллэр. Кэпсэтиибитин сурунаалларыгар таһаарыах буоллулар. Жетиген диэн сэттэ сулустаах Улахан Араҥаһы этэллэр. Сыл түмүгүнэн итинник ааттаах, ис киирбэх оҥоһуулаах чаҥ эмэгэти ситиһиилээх дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ туттарар үгэстээхтэр эбит. • “Новая литература Кыргызстана-Кыргызтандын жаҥы адабияты” салайааччыта Олег Бондаренколыын кэпсэттибит. Ити электроннай бибилэтиэкэҕэ мин икким суруйуум киирбитэ. Онон билсибиппит. Кыргызтыы билбэт эбит. Нуучча тылын таһынан, төрөөбүт мовабын эрэ билэбин диир. Ону кини: “Ити — улахан итэҕэһим, атын тылларга, холобур, француз, инглиш тылларыгар эмиэ сыстыбатахпынан эрэ алы гынынабын”, — диэн сонньуйа этэр. Кыргызстаҥҥа олорбута ырааппыт. 1990-c сыллартан. Нуучча тыллаах эйгэҕэ сыһыан үчүгэй, ити өттүгэр үрдүкү салалта мындыр бэлиитикэни ыытар диир. Чахчы, нуучча тылыгар, эйгэтигэр уонна Арассыыйаҕа болҕомто, тирэнии күүстээх эбит. Ити эргин өрөспүүбүлүкэлэргэ элбэхтик сылдьар үһү. Литератураҕа, философияҕа сыһыаннаах түһүлгэлэргэ. Орто Азияҕа ордук Туркменистаҥҥа дойду үрдүк салалтатын өттүттэн айар-суруйар эйгэҕэ күүстээх болҕомто, өйөбүл баарын кэпсиир. Электроннай бибилэтиэкэ үлэтин ордук эдэрчи суруйааччылар өйүүллэр, саастаах өттө айымньыларын биэрэртэн туттуналлар диир. Билигин кумааҕы кинигэни ааҕыы мөлтөөтө, тахсыытын судаарыстыба үбүлээбэт, кинигэбит тахсар ахсаана 300 эҥин эрэ буолар диэн этэр. Чахчы, сорох кинигэ маҕаһыына сабыллыбыт, бааллара бэрт куйа дьиэҕэ симиллэн тураллар. • Тылбаас туһунан Кыргыз суруйааччыларын айымньылара сахалыы тылбаастаммыт хомуурунньуга “Бичиккэ” оҥоһуллан аны сайын тахсыаҕа. Дойдулар уонна омуктар доҕордуу сыһыаннарын сайыннарыыга туһуланар ити үлэни СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков салайар. Итинник курдук хомуурунньук 1967 с. тахсан турар. Ол эбэтэр эһиил ити кинигэ тахсыбыта 50 сыла буолар. Хомуйан оҥорооччута уонна эрэдээктэрэ Иван Егорович Федосеев-Доосо. Аата “Ала Хайа сарыала” диэн. Барыта кыргыз 35 суруйааччытын 91 айымньыта тылбаастанан киирбит (74 хоһоон уонна 17 кэпсээн). Ону сэргэ кыргыз фольклорун икки айымньыта. Тылбааска ити кэмҥэ норуодунай поэт Эллэйтэн, норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйыттан саҕалаан барыта 33 саха суруйааччыта үлэлээбит. Онно хоруй быһыытынан кыргызтар саха суруйааччыларын тылбаастаан “Якут кайрыктары” (“Саха дьүрүллэрэ”) диэн кинигэни 1968 с. таһаарбыттар. Онно бу суруйа олорон ааҕан көрбүтүм, Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, 40 суруйааччы киирбит! Оттон 2017 сылга тахсыахтаах хомуурунньукка эмиэ кыргыз 40 суруйааччыта киириэхтээх. Бу олус сөптөөх ахсаан таба тутуллубут. Тоҕо диэтэххэ, кыргызтарга ити — ытык ахсаан. КӨ Бэрэсидьиэнин аппараатын салайааччы солбуйааччыта Мира Аскеровна Карыбаеваны кытта көрсүһүүгэ “тоҕо түөрт уон?” диэн ыйыппыттара. Онно “Ити Манаас чоро баатырдарын ахсааныттан төрүөттээх” диэн быһаарыыны олус кэрэхсии истибиттэрэ. Бишкеккэ сырыы түмүгүнэн ааптардары бэйэлэрин уонна билигин суох суруйааччыларга дьоннорун кытта лицензионнай сөбүлэҥ түһэрсилиннэ. Ити сөбүлэҥ “Бичик” айымньылары бэчээттииригэр көҥүл биэрэр аналлаах. Тылбааска үлэлии сылдьаллар (испииһэккэ киирбит кэрискэлэринэн): Альбина Борисова, Елизавета Мигалкина, Зинаида Архипова, Наталья Михалёва-Сайа, Гаврил Андросов, Данил Макеев, Рустам Каженкин-Арчы Уола, Саргылана Фёдорова, Мария Алексеева (Решетникова), Павел Неустроев, Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, Аита Шапошникова, Яна Байгожаева, Николай Рыкунов, Александра Попова-Долгуура, Афанасий Гуринов-Арчылан, Акулина Васильева, Валерий Луковцев, Дмитрий Наумов. Бу үлэҕэ атын суруйааччылар эбии кыттыһыахтара. Улуу Жусуп Баласагын Түүрк улуу суруйааччыта Юсуф Баласагунины кыргызтыы итинник ааттыыллар. Кини Баласагун диэн сиргэ төрөөбүт. Билигин оннук түбэ суох. Кыргызстан Токмак диэн куоратын таһыгар баар буола сылдьыбыт. Быйыл ТЮРКСОЙ биллэриитинэн, тэрээһининэн түүрк тыллаах дойдуларга, Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэригэр кини төрөөбүтэ уон үйэ буолбутун киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр. Университекка үөрэнэ сырыттахпына профессор Н.К. Антонов “Кутадгу Билиг” (сахалыы “Кут биэрэр Билии” диэххэ сөп) туһунан сөҕө-махтайа кэпсиир буолара. Ити улуу айымньыны сахалыы тылбаастыыр туһунан этэрэ. Ону санаан, бу ааспыт саас ол уон үйэ анаараа өттүгэр тойон-түһүмэт дьоҥҥо туһуланан суруллубут улуу поэма биир түһүмэҕин нуучча тылын нөҥүө тылбаастаабытым. Интэриниэккэ уйгуурдуутун уонна кыргызтыытын көрдүү сатаабытым, хоһоон киэбин-кээмэйин көрөөрү — булбатаҕым. Онтон бу Кыргызстаҥҥа сырыыбытыгар М.А. Карыбаеваны кытта көрсүһүүбүтүгэр кыргызтыы “Куттуу Билими” бэлэх биэрэн соһута үөртэ. Онон, бу суруйуубун ол тылбаастаабыт “Тыл-өс үтүөтүн уонна туһатын туһунан” диэн быһа тардыыбынан түмүктүүм. Дьиҥэр, Кыргызстан олоҕун-дьаһаҕын, уруккутун-билиҥҥитин, дьонун-сэргэтин, сиэрин-майгытын, кэрэ айылҕатын, о.д.а. туһунан төһөнү баҕарар суруйуохха сөп. Санааны түмэ тардан кылгастык эттэххэ, бүгүҥҥү Кыргызстан сайдыы суолун аартыгар бигэтик тахсыбыт дойду диэн көрдүм. “Манаас” аэропортан тахсар, атын да суоллара ону бигэргэтэрдии сып-сырылас айаннаах буолбуттар. Кырдьаҕас суруйааччылар : “Хайа ыккардыгар бу манна дьиэ тутуллан хаалбытай?!” — диэн соһуйа, астына саҥа аллайаллар. Тыл-өс — үөрэҕи-билими күөртээччи, тыл-өс — килбиэни киһиэхэ биэрээччи. Тыл-өс киһини айхаллыыр, аатырдар уонна буруйдуур, төбөтүн лэкээрдэр. Тыл-өс — аартыкка сытааччы адьырҕа, дубук туттуоҕуҥ — бүтүннүү уобуоҕа! Туустаах тумсулаах таҥсыырын, тулуйан, мэлдьи эн иһит, дьэ ордук болҕойон: “Тылга тииһэрим охсуутун биллэҕим — тыыннаах хаалаары эт тылбын быстыаҕым!” Тылгын тэһиинниэҥ — этэҥҥэ сылдьыаҕыҥ, тылгын кыатаныаҥ — чөл тиистээх хаалыаҕыҥ! Өйү иҥэрбит Таҥара эн өскөр — баскын харыстаа, тойон буол эн тылгар! Дьылҕаҥ амарах буолуоҕун саныыгын — быртах тыллартан харыстаа эн тылгын! Өйдөөн саҥарыы оттомноох аатырар, хойгур, усках тыл — баһа суох хаалларар. Кыһыл тылынан кыырбыттан туһа суох, аах-маах балкыйыы — хаһан да бэрдэ суох. Куолу кэмчитэ ханна да хайҕаллаах, элбэх лабаҥха биир тыла суолталаах. Таба саҥарыы тойон-хаан оҥоруо, оттон хоһу тыл хоолдьуккун тоһутуо. Мээнэ чоргуйуоҥ — хоҥ мэйии аатырыаҥ, адьас ньимийиэҥ — былдьыры дэтиэҕиҥ. Онон ортотун тутуһар куолута, нэмнээн саҥарыы — эр бэрдин майгыта. Тылгын кыатаныаҥ — төбөҕүн харыстыаҥ, уһун тылланыаҥ — кылгастык олоруоҥ. Тыл-өс өһөрүө, өрө да көтүтүө — онон махтанар, үөхсэр да дьэ көстүө. Өйдөөн туттубут хас тылыҥ балайга көрөр харах-көс кэриэтэ буолуоҕа! Билбэт балайа — өйдөөн кээс, дьэҥкэ суол, ньүкэн, билиинэн бүдүүлээн көрөр буол! Төрүүр өлүөхтээх, олох да бэрт кылгас, оттон үтүө тыл — үйэлэргэ ытык кэс. Киһи эр хаан аатырар иккинэн: үтүө тылынан, килбиэннээх суолунан. Эппит өлүөҕэ — тыллара тыыннаахтар, онно бэйэтэ бу баардыы ахтыллар. Өспөт олоҕу олоруон санааччы тыла, дьайыыта кэскиллээх буолааччы. Тылы хайҕаатым, омнуолаан да ыллым, ону кыһанан болҕой дуу диэн этиэм. Син биир барыта өйдөммөт, түөһүмэ, арай суолталаах биир тылгын кистээмэ! Уолбар дьэ амалыйдым аман өспүн, кини ол онтум ис дьиҥин өйдүөхтүн. Эттим эйиэхэ анааммын, уоланыам, сүбэм-соргум диэн дьаҥсыйдым, уоланыам! Өйдөө, үрүҥ да, кыһыл да көмүстэр тылтан күндү баай хаһан да буолбаттар. Көмүс барыаҕа, сиик буолан уостуоҕа, оттон сүбэттэн баһаам баай кэлиэҕэ. Киһи тылы кэриэс ылар аналлаах, кини ол онон байар үрдүк дьоллоох. Хааскын, оо, мындыр, түрдэтэ көрүмэ, эттим этиэхпин, эн миигин баалаама. Өксөкүлээх Өлөксөй бэйэтин кэмигэр, биир үйэ анараа өттүгэр, “Ортоку олук алгыһа” айымньытыгар: “Нуучча ньургунун кытары туруулаһар доҕор буол”, — диэн этэн турар. Көннөрү доҕор буолбатах, туруулаһар доҕор диэн. Ол аата, үтүө дьону кытта барытыгар тэҥҥэ сылдьыһар диэн буоллаҕа. Ити алгыһы аныгы олохпут чахчытыгар дьүөрэлээн, “кыргыз кылааннааҕын кытары күрэстэһэр доҕор буол” диэн дэгэттээн өйдүөхтээхпит. Нуучча, кыргыз эрэ буолуо дуо, моҕол мургунун, бүрээт бастыҥын, кытай кыайыылааҕын, дьоппуон дьорҕоотун — барыларын кытта туруулаһар доҕор буолуохтаахпыт. Оттон куһаҕан, мөлтөх диэн хайа баҕарар омукка баар көстүү. Биирдэм дьон мөлтөҕүн омукка барытыгар сыбыыр сыыһа быһыы, ол хаһан да үтүөҕэ тиэрдибитэ биллибэт. Аан дойдуга 5 мөл. тахса кыргыз баар диэн. 4,5 мөл. кыргыз дойдутугар олорор. Кыргызстаҥҥа барыта 6 мөл. тахса киһи баар. Кыргыһа — 73 бырыһыан. Узбега — 13 бырыһыан. Нууччата — 6 бырыһыан. Саха сиригэр 2010 сыллаах суруйуу чахчытынан 5 тыһыынчаттан тахса кыргыз баар. Алта сыл тухары ити көрдөрүү биллэ эбиллибитэ сабаҕаланар. Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН. | |
|
Teswirleriň ählisi: 0 | |